Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 17-24 күннэрэ)

Хой

Бу күннэргэ сэрэхтээх соҕустук сырыт.  Кэпсэппит киһигэр эрэ барытыгар итэҕэйимэ. Дьүөгэм, доҕорум дии саныы сылдьыбыт киһиҥ хомотуон сөп.

Оҕус

Улахан көрсүһүүлэри уталытар ордук. Бастаан тус олоҕуҥ, үлэҥ-хамнаһын былаанын сааһылыырыҥ ордук курдук. Нэдиэлэ ортото сэниэ бөҕө буолуоҥ.

Игирэлэр

Барытыгар холкутук сыһыаннас. Аҥаардас тус иэйиигин эрэ истэриҥ тутах. Нэдиэлэ саҥата улаханы тугу да былааннаама.

Араак

Туппут хайысхаҕын ыһыктыма. Бу нэдиэлэ ситиһиилээх буолсу. Чугас доҕоттор сүбэлэрэ көмө буолуоҕа.

Хахай

Тугу барытын саба тутуох курдуккун. Айарга-тутарга чахчы да бэлэмҥин. Арай тус олоххор чуҥкуйуу үөскээбит.

Кыыс

Эппиэтинэстээх дьыалаҕа ылсаргар тоҕоостоох кэм. Сөбүлүүр дьарыккынан үлүһүйүөҥ. Онтон санааҥ көтөҕүллүө.

Ыйааһын

Олоххо көхтөөх буол. Кыра санаа­ны искэр тута сылдьыма. Бу күннэргэ үчүгэй сонуну истиэҥ.

Скорпион

Олоххун уларытар санаалаах буоллаххына, бу нэдиэлэ саамай табыгастаах буолсу. Успуорт, чөл олох доруобуйаҕын тупсарыа.

Охчут

Инники оҥорбут сыыһаларгын көннөрөргөр сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Сөптөөх быһаарыныы ылынаргар чугас дьонуҥ өйөбүл буолуохтара.

Чубуку

Уопсастыба эйигин аһаҕас, үөрүнньэҥ киһи быһыытынан ылынар. Ол эрээри сулустар сү­­бэлииллэринэн, аһары элбэҕи дьоҥҥо эрэннэримэ.

Күрүлгэн

Күүтүллүбэтэх өттүттэн орос­куот буолсу. Ол эрээри төһөнөн биэрэҕин да, оччонон бэйэҕэр үтүөнү ыҥыраҕын.

Балыктар

Чуумпу нэдиэлэ үүммүт. Үлэҕин үмүрүтэн айылҕаҕа сылдьан, доҕоттору көрсөн сынньаныаххын сөп.

Источник: Саха Сирэ