Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Муус устар 27 – ыам ыйын 4 күннэрэ

Хой

Бу нэдиэлэ устата харчыгын кэмчилээн тутун, былаана суох улахан малы-салы атыылаһыма. Улахан орос­куот сэргэх тэрээһиннэргэ сырыттаххына, доҕоттору кытта көрсүһүүгэ тахсыан сөп, онон өр кэм устата сиэбиҥ кураанах буолуон баҕарбат буоллаххына, маннык көрсүһүүлэртэн туттунарыҥ наада.

Оҕус

Бу күннэргэ бэйэ бодотун тардына сылдьар ордук. Тиэхиньикэҕэ, ол бу бытовой тэрили туттууга сэрэхтээх буол. Үлэҕэ-хамнаска, дьону кытта сыһыаннаһыыга уопсай тылы буларга дьулус.

Игирэлэр

Үгүс быһаарыллыбатах дьыала санныгар сүктэриллэ сылдьар. Дьиэ-уот кыһалҕата санааҕын баттыыр. Онон сынньанаргар уолдьаспыт. Бу сынньалаҥҥын тус сөбүлүүр дьарыккар аныаххын сөп.

Араак

Уоскулаҥ кэм үүммүт. Бары былааннаргын ыксала суох холкутук сааһыланаргар тоҕоостоох кэм. Өр кэм устата оҥоруох буолбут дьыалаҕын ситэриэххин сөп. Ол эрээри эппиэтинэстээх дьыаланы доҕотторгор эрэнимэ, түһэн биэ­риэхтэрин сөп.

Хахай

Кэннигин хайыһан олоххун анааран көрөр кэмиҥ. Элбэх тургутууну ааспыккын, үгүс ыараханы көрсүбүккүн. Маннык санаалар эйиэхэ инникигэ эрэли үөскэтэллэр. Саҥа дьыаланы тэрийэргэр эбэтэр саҥа дуоһунаска ананаргар аҕам саастаах дьон сүбэтин ылынарыҥ ордук.

Кыыс

Нэдиэлэ устата кыраттан кыйаханыах санааҥ кэлэр. Бэйэҕин туттуна, дьону кытта сыһыаҥҥа майгыгын көрүнэ сырыт. Эйиэхэ үтүө сыһыаннаах дьону  хомотуоххун сөп. Бу кы­­йаханыыҥ эн киһилии сынньаммаккыттан тахсар, онон аҕыйах да хонуктаах сынньалаҥы ылан уоскуйа сатаа.

Ыйааһын

Тулалыыр дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥа болҕомтолоох буол. Эн аһары аһаҕаскынан уонна дьоҥҥо эрэнимтиэ майгыгынан туһанар үгүс. Ол эрээри кыһалҕалаах дьону аахайбакка, көмөлөспөккө хааллаххына, суобаһыҥ оон­ньоон бэйэҥ эрэйдэнэҕиҥ.

Скорпион

Көхтөөх нэдиэлэ үүммүт. Сыалы-соругу ситиһэргэ болҕомтолоох уонна сүрэхтээх эрэ буолуу ирдэнэр.  Ыксаллаах быһаарыныы ылынаргар чугас дьонуҥ сүбэлэрэ көмөлөһүөҕэ.

Охчут

Үлэ, дьиэ-уот кыһалҕата илиигин-­атаххын баайар. Ол да буоллар, мантан төлө көтөн  соһуччу көрсүһүүлэргэ сылдьыаҥ, үөрүүлээх сонуннары истиэҥ. Нэдиэлэ ортото таптал иэйиитигэр куустарыаҥ.

Чубуку

Нэдиэлэ саҥата олус сэргэхтик саҕаланыыһык. Кэлии-барыы, дуогабар түһэрсии, билсиһии-көрсүһүү үгүс. Ол гынан баран, чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буолуоххун наада. Сөптөөх быһаарыныы ылынаргар уһуну-­киэҥи толкуйдаа.

Күрүлгэн

Олоҕу олус чэпчэкитик ылынар буол­буккун. Онтон үлэҥ, дьиэҥ-уотуҥ, доҕоттору кытта сыһыаныҥ барыта уларыйбыт, тупсубут курдук. Өр сыллар усталара быһаарыллыбатах дьыалаҥ дьэ, хамсыыһык. Туох барыта санааттан тутулук­тааҕын өйдүөҕүҥ.

Балыктар

Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ аһары сайдыбыт. Ол эрээри онон үлүһүйэн буолары-буолбаты оҥорон көрөр наадата суох. Бэйэҥ олоҕун долгунун тэтиминэн олоро сатаа. Кыайбат, саарбахтыыр дьыалаҕар ылсыма.

Источник: Саха Сирэ