Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Муус устар 13 – муус устар 20 күннэрэ

Хой

Бу нэдиэлэҕэ тапталга табыллар кэм. Нэдиэлэ саҥатыттан дууһаҥ уоску­йууһук. Куруук саарбахтыыр санааҥ дьэ, сааһыланыыһык. Бу нэдиэлэ устата тосхойор саҥа билсиһиини мүччү тутума. Бары саҥаҕа аһаҕас буол.

Оҕус

Тоҕоостоох түгэни хайдах туһанаргыттан улахан тутулуктаах. Буолар быһыыны-майгыны сөптөөхтүк сыаналаатаххына, тус олоххор, үлэ­ҕэр-хамнаскар үтүө өттүнэн уларыйыылар киириэхтэрэ. Бу күннэргэ кэпсэтии, хоп-сип да элбэх буолсу. Истибиккин барытын итэҕэ­йэн иһимэ.

Игирэлэр

Муус устар ый элбэх кэрэ түгэни, саҥа билсиһиилэри тосхойуо. Бу билси­һиилэр үлэҕэ, тус олоххо дьайыахтарын сөп. Баҕа санааны ыралыыртан куттаныма, аһаҕас кэпсэтиилэр  ситиһиини түстүөхтэрин сөп.

Араак

Саҥалыы көрүүлээх буоларгар уолдьаспыт. Урукку үөрүйэххинэн күннээҕинэн олорортон аны булгуччу аккаастаныаххын наада. Тус олоххор улахан уларыйыылар күүтэллэр. Хорсун санааланыаххын наада буолбут. Буолар быһыыга-майгыга түргэнник үөрэнэ охсор ураты майгыҥ манна көмөлөһүөҕэ.

Хахай

Тус олоххун уонна үлэҕин кыраныыссалыыһыккын. Барытын бииргэ холбуур кэлиҥҥи өттүгэр уустуктары үөскэтиэн сөп. Сааскы салгын эн настарыанньаҕын көтөҕөрүттэн эбитэ дуу, эйигин тулалыыр дьону кытта эйэргэ­һиэххин да сөп курдук. Бэйэни арыый туттуна, кэтэнэ сырыт.

Кыыс

Бу нэдиэлэ саҥата эйиэхэ саҥа ары­йыылары түстүүр. Дьоҥҥо дьайар күүһүҥ улаханын бэлиэтии көрүөҥ. Ол эрээри ис дьиҥэр, бу эйиэхэ тургутуу быһыытынан буолуоҕа. Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол.

Ыйааһын

Быһаарыныы ылынаргын уруккуттан да уустугурдаҕыҥ. Бэйэҕэ эрэллээх буоларга саҥа миэрэлэри ылынарыҥ наада. Ааспыт сыыһаны-халтыны санаа аалыыта оҥостума. Онон нэдиэлэ ортотуттан быһарыныылаах дьыалаларга ылсарыҥ туһалыа.

Скорпион

Сайдар суолгун саарбахтыыр санаалар баттыыллар. Бэйэҕэр итэҕэйиэххин наада. Үлэҕэр, үөрэххэр кимэн киирэн ис. Саҥа быһаарыныылар, бырайыактар бастаан эрэ уустук курдук буолуон сөп. Саҥа саҕалааһыҥҥа тирэх буоларын умнума.

Охчут

Бэйэни сыаналанар кэм. Ол эрээри сааһылана илик санааларыҥ инники былааннаргын харгыстыыллар. Бииртэн-биир былааны, саҥаны толкуйдаан көрөҕүн уонна солунуҥ ааһа охсон хаалар эбит. Биир саамай сүрүнү чопчу тутарыҥ ситиһиилээх буолуоҕа.

Чубуку

Бэйэҕин туораттан көрүнэн, дьону кытта сыһыаҥҥар болҕомто ууруох­хун наада. Дьону хомоппот, кэлэппэт уонна кэлин бэйэҥ санаа аалыыта оҥостубат гына хас биирдии хардыыгын толкуйдаа. Ол эрээри бэйэҕэ бүгэр эмиэ наадата суох.

Күрүлгэн

Үлэҕэр-хамнаскар табыллар кэм. Элбэх идиэйэлээххин, кэлэктиипкэ убаастанаҕын. Саҥа бырайыак толкуйдаан салалтаттан хайҕаныаххын сөп. Ол эрээри аһары үлэнэн үлүһүйэр ардыгар дьиэ кэргэниҥ иһинээҕи сыһыаҥҥа дьайыан сөп. Өрөбүллэргэ дьиэ кэргэҥҥин кытта  айылҕаҕа сынньанан астыныаҥ.

Балыктар

Соҕотохсуйар кэм үүммүт. Туора дьоҥҥо эрэммэккин, ис санааҥ кис­тэлин аспаккын. Саас саҕаланыыта маннык быһыыланар туһаны аҕалбат. Уруккуну соһо сылдьан санаарҕыыр наадата суох. Ааспыт ааспытынан, барбыт барбытынан.

Источник: Саха Сирэ